213просмотров
4.3%от подписчиков
30 марта 2026 г.
📷 ФотоScore: 234
#планерка ✅ Үөһээ Бүлүү улууһун административнай хамыыһыйата ыытар үлэтин туһунан бэрэссэдээтэл Людмила Дмитриевна Абрахова кэпсээтэ. Муус устар 1 күнүттэн 8 күнүгэр диэри Бүлүү эбэни туоруур тиэхиньикэлэргэ хаарчахтааһын киирэр. Ол курдук, 30 туонна уйуктаах тиэхиньикэ эрэ ааһара көҥүллэниэҕэ. Оттон муус устар 8 күнүттэн 15 күнүгэр диэри 20 т. уйуктаах тиэхиньикэ ааһара көҥүллниэҕэ. Онтон муус устар 15 күнүттэн өрүһү туоруур суол сабыллыаҕа. Көҥүлэ суох туоруур тиэхиньикэлэри бас билээччилэр ыстарааптаныахтара. Хонтуруоллуур хамыыһыйа муус устар бүтэһигэр диэри рейдэҕэ тахсыаҕа. Ааспыт нэдиэлэҕэ мууска сэрэхтээх буолары сэрэтэр, көҥүлэ суох өрүһү туоруур суоллары бэрэбиэркэлиирэ, суол бэлиэлэрин көрөр рейдэ үлэлээбитэ. Күндээдэ аннынан кулун тутар 30 күнүттэн номнуо хаарчахтааһын киирдэ. @uoheebuluu