K
Kyym.ru
@kyymsakha7.2K подп.
1.2Kпросмотров
16.9%от подписчиков
26 марта 2026 г.
stats📷 ФотоScore: 1.3K
Ааспыт үс сыл иһигэр (2022—2025 сс.) Саха сиригэр дьадаҥы дьон ахсаана 2,6%-нан аҕыйаабыт. Ол туһунан Ил Түмэҥҥэ буолбут “бырабыыталыстыба чааһыгар” кэпсээтилэр. Зампред Георгий Степанов санаппытынан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2030 сылга диэри Арассыыйаҕа дьадайыыны кырата 7%-ҥа тиийэ аҕыйатарга соруйбута. Онтон сиэттэрэн Ил Дархан Айсен Николаев 2023 с. дьадайыыны утары охсуһар ыйааҕы таһаарбыта. “Ыйаах баһырхай соруктаах – 2029 сыллаахха 2022 сылы кытта тэҥнээтэххэ, Саха сиригэр дьадаҥы дьон ахсаана 7,6%-нан аҕыйыахтаах, 70 тыһыынчаттан итэҕэһэ суох киһи дьадаҥы буолар кыһалҕатын умнуохтаах”, - диэн Георгий Степанов кэпсээтэ. Кини эппитинэн, 2022—2025 сс. өрөспүүбүлүкэҕэ 25 тыһыынча киһи дьадаҥы буолан бүппүт. Сиһилии: https://kyym.ru/sonunnar/main/14767-sakha-siriger-25-ty-yyncha-ki-i-dada-y-buolan-b-tte
1.2K
просмотров
828
символов
Нет
эмодзи
Да
медиа

Другие посты @kyymsakha

Все посты канала →
Ааспыт үс сыл иһигэр (2022—2025 сс.) Саха сиригэр дьадаҥы дь — @kyymsakha | PostSniper