K
Kyym.ru
@kyymsakha7.2K подп.
1.2Kпросмотров
16.8%от подписчиков
25 марта 2026 г.
stats📷 ФотоScore: 1.3K
Кулун тутар 24 күнүгэр Алдан улууһугар “Лена” айан суолугар “УАЗ” массыына “Тойота РАВ4” массыынаны кытта харсыспытын түмүгэр, биир киһи суорума суолланна, үс киһи эмсэҕэлээтэ.   Ол туһунан ГИБДД Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр. Быһылаан Алданныыр суол 629-с килэмиэтиригэр күнүс 12 чаас саҕана буолбут. Барыллаан быһаарбыттарынан, “Тойоталаах” суоппар Алдантан Нерюнгрилаан иһэн суол утары балаһатыгар тахсан “УАЗикка” уун утары баран түспүт. Омук массыынатын ыытан испит дьахтар суоппар сонно тута тыына быстыбыт. “УАЗик” иһигэр олорсон испит ис киһи балыыһаламмыт. Быһыылаан ГИБДД сиһилии үөрэтэр.
1.2K
просмотров
609
символов
Нет
эмодзи
Да
медиа

Другие посты @kyymsakha

Все посты канала →
Кулун тутар 24 күнүгэр Алдан улууһугар “Лена” айан суолугар — @kyymsakha | PostSniper