40просмотров
1.3%от подписчиков
30 марта 2026 г.
stats📷 ФотоScore: 44
❗️❗️❗️Бу ый 27-29 күннэригэр Таатта улууһугар Н.Н.Тарскай аатынан ыытыллыбыт көҥүл тустууга республика Чемпионата үрдүк таһымҥа ыытылынна. Ньурба улууһун бөҕөстөрө манна кыттыыны ыллылар, биһиги киэн туттар спортсмеммыт, Россия спордун маастара Айхаан Антонов кыһыл көмүс мэтээли эрэллээхтик ылла. Маныаха Амма бөҕөһө, эдэр спортсмен Андрей Мидловец спортивнайа суох быһыыны-майгыны көрдөрөн, наҕараадалааһыҥҥа оройуоммут өрөгөй ырыатын кэмигэр пьедесталтан көрдөрөн туран барбыта Ньурба спортивнай сообществотын, олохтоохторун, биһигини барыбытын олус бэркиһэттэ. Соторутааҕыта Италияҕа буолан ааспыт Паралимпиадаҕа эмиэ маннык быһыы-майгы Россия спортсменнарын утары тахсыбытын дойду спортивнай сообществота кытаанахтык дьүүллээтэ. Биһиги Сахабыт сиригэр дойду таһымыгар кыттар спортсменнар спортивнай Хартияны бары билиэх уонна тутуһуох тустаахтар.
Бастатан туран, бэйэ-бэйэҕэ убаастаһыы, доруобай күрэстэһии баар буолуохтаах. Чуолаан бу түгэҥҥэ, спортсмен эчэйиини ылбытым диир буоллаҕына, пъедесталга тахсыбатаҕа эбэтэр аҕыйах сөкүүндэ кыратык тулуурун көрдөрөн турбута буоллар маннык быһыы-майгы тахсыа суоҕа этэ. Өрөгөй ырыата хас биирдии оройуон кини правовой статуһун, историческай суолтатын илдьэ сылдьар чааһа буолар. Судьуйа сүбэтэ манна сөптөөх быһаарыныыны ылыныа диэн, инникитин спортсменнарбыт бэйэ-бэйэлэригэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһалларын ситиһиэ диэн эрэнэбит.